‏ Psalms 127

1Дабайыы ырыата.
Айыы Тойонтон сүгүрүйэ толлор,
Кини суолунан сылдьар дьон бука бары дьоллоохтор.
2Эн бэйэҥ үлэлээн-хамсаан айаххын булунуоҥ,
дьоллоох-соргулаах, үтүө туруктаах буолуоҥ.

3Дьиэҕэр кэргэниҥ – виноград толору астаах умнаһа,
остуолуҥ тула уолаттарыҥ – маслина маһын лабаалара.
4 Айыы Тойонтон толлор киһи маннык алгыска тиксиэҕэ.

5 Айыы Тойон эйигин Сионтан алҕаатын;
үйэҥ тухары эйиэхэ Иерусалим эйэлээх олоҕун көрдөрдүн;
6уолаттарыҥ уолаттарын эйиэхэ көрдөрдүн.
Израиль үрдүнэн эйэ чэчирээтин!
Copyright information for SahYktBBL