Psalms 114
1Айыы Тойону таптыыбын –Кини мин саҥабын, мин ааттабылбын истэрин иһин.
2Мин этэрбин Кини болҕойон иһиттэ,
онон мин олоҕум устата Кинини ыҥырар буолуом.
3Өлөр өлүү ситимигэр иҥнэммин,
үтүгэн түгэҕин үлүгэригэр түбэһэммин,
мин муҥу-сору көрбүтүм, муҥур уһукка түспүтүм.
4Онно Айыы Тойон аатын ыҥырбытым,
«Оо, Айыы Тойон, олохпун өрүһүй!» – диэбитим.
5 Айыы Тойон аһыныгас сүрэхтээх, кырдьыктаах,
биһиги Таҥарабыт амарах санаалаах.
6 Айыы Тойон кэнэннэри харыстыыр:
Кини миигин, күүһүм эстибитигэр, быыһаан ылла.
7Дууһам миэнэ, уоскулаҥҥар төнүн,
Айыы Тойон эйиэхэ үтүөнү оҥордо.
8Эн өрүһүйдүҥ мин дууһабын өлүүттэн,
харахпын – харах уутуттан,
атахпын – бүдүрүйэртэн.
9Онон мин бу тыыннаахтар сирдэригэр
Айыы Тойон иннигэр сылдьыаҕым.
Copyright information for
SahYktBBL