‏ Psalms 41

II КИНИГЭТЭ

41–71 псаломнар

1Хуор салайааччытыгар. Корей уолаттарын үөрэтиитэ.
2Таба үрүйэ уутугар тардыһарыныы,
Таҥара, мин дууһам Эйиэхэ тардыһар.
3Дууһам миэнэ утаппыттыы, Таҥараҕа,
тыыннаах Таҥараҕа талаһар:
оо, хаһан эрэ тиийэммин,
Таҥара сирэйин көрөбүн?
4Таҥараҥ ханнаный диэн
күннэтэ кэнийэр кэмнэригэр
көмүскэм уута буолара
күннэри-түүннэри кэбийэр килиэбим.

5Ону эргитэ санааммын,
хараҕым уутунан суунабын:
хаһан эрэ мин үтүмэн дьоннуун үөрдүһэрим,
дьоро күннүү, үҥэ-сүктэ кэлбиттэри
үөрүү-көтүү, уруй-айхал аргыстаах
Таҥара Дьиэтигэр сирдиирим.
6Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ,
тоҕо айманаҕын?
Таҥараҕа эн эрэн: мин өссө да Кинини айхаллыаҕым –
Быыһааччыбын, Таҥарабын.

7Дууһам санньыар санааҕа ылларан,
бу Иордан сиригэр, Ермон үрдүгэр,
Мицар
Сорох былыргы илиинэн суруйууга: Цоар.
хайатыгар тураммын,
мин Эйигин саныыбын.
8Чүөмпэ чүөмпэни ыҥыран күүгүнүүр
Эн күрүлгэниҥ күрүлэс үөһүгэр;
Эн долгунуҥ, Эн ытылҕаныҥ барыта
мин үрдүбүнэн бааллыран ааста.
9Күнүс Айыы Тойон миэхэ бигэ тапталын көрдөрөр,
оттон түүн мин Киниэхэ ырыа ыллыыбын,
олоҕум Таҥаратыгар үҥэбин.

10Таҥарабар, Көмүскээччибэр, этэбин:
«Тоҕо Эн миигин умнаҕын?
Тоҕо мин, өстөөххө күөмчүлэтэн,
курутуйа сылдьабын?»
11Таҥараҥ ханнаный диэн,
күн аайы кэнийэр өстөөхтөрүм үөҕүүлэриттэн
мин өлөрдүү эрэйдэнним.

12Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ,
тоҕо айманаҕын?
Таҥараҕа эн эрэн: мин өссө да Кинини айхаллыаҕым,
Быыһааччыбын, Таҥарабын.
Copyright information for SahYktBBL