‏ Psalms 99

1Махтал псалома.
Айхаллаа Айыы Тойону, сир үрдэ бүттүүнэ.
2Үөрэ-көтө сүгүрүйүҥ Айыы Тойоҥҥо;
ыллыы-туойа кэлиҥ Кини иннигэр.

3Билиҥ: Айыы Тойон – Таҥара;
Кини биһигини айбыта, биһиги – Киниэннэрэбит,
Кини норуотунабыт, Кини бараанын үөрүнэбит.

4Айхал тыллаах ааһыҥ Кини олбуорун аанынан,
махтал тыллаах киириҥ Кини тиэргэнигэр;
айхаллааҥ Кинини, алҕааҥ Кини аатын.

5 Айыы Тойон үтүө санаалаах:
Кини бигэ таптала өлбөт үйэлээх,
Кини көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эрэбиллээх.
Copyright information for SahYktBBL